“Сокуону билбэтиҥ эппиэтинэстэн босхолообот” диэн этии баар. Эбэтэр бэйэбит бырааппытын ситэ билбэппит. Оттон халыҥ сокуоннары аахтахпытына даҕаны, бу эйгэ дьонугар анаммыт буолан, сороҕор өйдөммөт. Маны барытын аҕыйах кэмтэн ыла Ютуб-ханаалга үлэлээн эрэр “Сокуон сирэ” биэриигэ юрист, уопсастыбанньык, биэрии ааптара Сандаара Кулаковская “илдьиритэн” биэрэр.